САХА РЕСПУБЛИКАТЫН ҮӨРЭҔИРИИТИН МИНИСТЕРСТВОТА
“ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ УЛУУҺА (ОРОЙУОНА)” МУНИЦИПАЛЬНАЙ ТЭРИЛЛИИ
Темата: Уйбаан Ороһуунускай хоһоонноругар рифманы туттуута
Толордо:С.П.Федотов аатынан
Оҥхой сүрүн оскуолатын
саха тылын, литературатын учуутала
Илларионова Марина Гаврильевна
.
Оҥхой 2020
Рифма туһунан өйдөбүл
Хоһоон киһи иэйэр иэйиитин, саныыр санаатын этэр, бэйэтэ туспа кээмэйдэнэр кэрчиктэрдээх уус-уран айымньы буолар.
Хас хоһоон барыта киниэхэ бэйэтигэр аналлаах ритмнээх буолар.Итини таһынан, хоһоон музыката, мелодиката ураты оруоллаах. Арааһынай ритмнэри кытта дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин, тыллар араас сүһүөхтэрин, уһун, кылгас тылларын сатаан аттаран, хоһооҥҥо эриэккэсмузыкальнай кырааскалары мелодиканы оҥоруохха сөп. Поэт хоһооҥҥо биэриэн баҕарбыт настарыанньатын ити өттүнэн кыайа, кичэйэ туттаҕына, композитор үлэтэбиллэрдик чэпчиир уонна поэт дууһатынан истэ сатаабыт ырыата тахсан кэлиэн сөп.
Хоһоон бэйэтэ туспа кээмэйдэнэр кэрчиктэрдээх, атыннык эттэххэ ритмнээх буолар. Ритм киһи туохтан эмэ үөрэн-көтөн, ыллаан-туойан, биир кэм кээмэйдээн хамсанан эккирииригэр, үҥкүүлүүрүгэр маарынныыр диэн Күндэ бэлиэтээбит.
Аан бастаан рифмалаах ырыалары Ойуунускай, Абаҕыыныскай, Эллэй суруйбуттара.
Хойуу рифмалаах ырыа саха чабырҕаҕын курдук истэргэ үчүгэй, эриэккэс буолар.
Биһиги оскуола5а 4 араас рифманы үөрэтэбит, ити хоһоону ырытарга татым, онон Николай Николаевич Тобуруокап рифматын эбии үөрэтэбит.
Н.Н.Тобуруокап рифматын классификацията:
1. Рифмалаһар тыллар дорҕоонноро лоп-бааччы, чопчу сөп түбэсиһэллэр.Биир саҥа чааһа уонна грамматическай формаҕа тураллар. Холобур: поезтара-харааптара,ааппын-аргыспын, эриллэ-тиэриллэ, айанныыллар-ырааталлар.
2. Бастакы курдук гынан баран, рифмалаһар тыллар бүтэй дорҕоонноро эрэ сөп түбэсиһэллэр: саҥатыгар-үтүөтүгэр, көрбөтөх-истибэтэх. Бу икки рифмалар фономорфологическай буолаллар.
3. Точнай рифмалар, ол гынан баран араас саҥа чааһыттан тураллар:истэммин-тэтимин, поэттар-киэн туттар. Аккыт-ылбыккыт.
4. Бастакы тыл сорҕото, атын суолталаах тыл буолар, иккис тылын хатылааһына:күөдүттэ-үөдүттэ, норуот-уот, тэрил баар-сылабаар, бараххан-баар аххан.
5. Солбуйсуулаах рифма, сорох дорҕооннор солбуйсаллар: бэдик-бэттик, элгээн-элбээн, дьолгун-дьолбун.
6. Сарбыйыылаах рифма:сырыытын-кынаты, уохтары-самнар, кыыһа-кыргыһан.
7. Уопсай дуораана майгыннаһар тыллар:өҥүн-өйү, санаамаҥ-хааммар, умнуллан-тумнумаҥ, тутуллуоҕа- кампанелла.
Маны таһынан элбэх учуонай рифманы ырыппыттар, классификация оҥорбуттара. Уустук, омоним рифмалар бааллар.
Уйбаан Ороһуунускай хоһоонноругар рифманы туттуута.
Хас биирдии суруйааччы айар ньымата, стилэ, хоһооннорун этэр санаата ураты буолар, саҥаны, сонуну айан, поэзияҕа кылааттарын киллэрэллэр.
Иван Иванов- Уйбаан Ороһуунускайы биһиги оскуола программатыгар үөрэппэппит. Кинини кылаас таһынан ааҕыыга билсэбит, интэриэһиргиибит. Аан маҥнай Уйбаан Ороһуунускайы биир дойдулаах норуот эмчитинэн истэн билэбит, онтон салгыы кинини билэн истэхпит аайы иннибитигэр суруйар дьоҕурдаах, айар талааннаах Киһи буоларын билэбит. Ол курдук Уйбаан Ороһуунускай ырыа буолбут хоһооннорун биһиги истэбит, норуот сэргиир, ураты суоллаах-иистээх поэт диибит.
Иванов Иван Еремеевич (Уйбаан Ороhуунускай) — саха биллиилээх ырыа суруйааччыта, поэт, публицист, Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Айар үлэтэ 1959 сылтан саҕаламмыт. Ол кэмтэн ыла 30-н тахса кинигэни таһаарбыта. Ырыа тылын суруйааччы быһыытынан 3 хомуурунньугу бэчээттэппит. Мин кини хоһоонноруттан нэһилиэктэр ааттарын ааттаан туран суруйбут хоһооннорун сөбүлээтим.Топонимиканан дьарыктаммыт буолан сир аатынан хоһооно үгүс, үксүн төрөөбүт-үөскээбит Ороһутун туһунан, Үөһээ Бүлүүтүн туһунан хоһуйбут. Маны таһынан, “Сургуулук-быйаҥнаах Сургуулук”. Манна Баҕадьа эбэ туһунан суруйбут.”Боотулуу, Боотулуу барахсан”.”Тутуулаах Маҥааска”, “Көтөрдөөххө”, “Дүллүкү дууһабын ыллаттыҥ”, манна Хомустааҕы эмиэ ахтар. “Муомаҕа”, “Индигир эбэбит устунан”. “Далыртан дайбыппыт”, “Маалыкайбын таптыыбын”, “Сүрэхтиин көрүстүҥ Чаппанда”, “Күүтэр күннээх Күндээдэ”, “Сандаарда Сааскылаах”, “Кэбээйигэ”, “Новай Арыылааҕар”, “Сүлдьүкээргэ”, “Мугудайга”. “Мээндийэҕэ”, “Ньурба уоттарыгар”.Маннык сирдэр ааттарынан хоһооннору, ити тылларын суолтатын ырыппыт, чинчийбит эбит Уйбаан Ороһуунускай.
Уйбаан Ороһуунускай хоһооннорун тутулун, рифматын ырытарга холоннум.
“Үчүгэйиэн, Үөһээ Бүлүүм” хоһооно-16 строкалаах, 16 рифмалаах.
Үөһээ Бүлүүм-
Үрдүк үөрүүм,
Үчүгэйиэн үөрэниэххэ, үөрэниэххэ
Үлэлиэххэ, иэйиэххэ.
1 көрүҥ: рифманы- Бүлүүм-үөрүүм, үөрэниэххэ-иэйиэххэ, кууспахтаан-ыспахтаан, чыпчаалыгар-аартыгар, көтүтэн-күүркэтэн.
3 көрүҥ: Үөһээ Бүлүүм-үҥкүүлүүм, эдэр-тэбэр
4 көрүҥ: Оскуола-дьол суола, Үөһээ Бүлүүм-үрдүк үөрүүм.
“Үөһээ Бүлүүм-үрдүк үөрүүм” хоһооҥҥо 16 строкалаах, 16 рифмалаах.
1 көрүҥ: бардахха-айдахха, кэлэҕин-тиллэҕин, көрүүм-үөрүүм, алыптарын-чаҕылларын.
2 көрүҥ: долгулдьуйан-наскылдьыйан.
3 көрүҥ: кэрэтиэн-эбитиэн.
7 көрүҥ: Мөссүөҥҥэр-көһүннэ, биэриэхтэрин-сирдээтин.
“Дойдубар тиийбиттии сананным” 24 строка, хоһооҥҥо 3 араас рифманы туттубут. 1 көрүҥ: Сананным-маттым, куоттарбат-батарбат, буоллаҕа-туоллаҕа, туһанан-сананан.3 көрүҥ: истэммин-кэргэммин, да ыллым-ахтаммын, этэллэрэ-сибээстэрэ, туһунан-тыаһынан, туһанан-сурастым.
5 көрүҥ: Ситимэ диэн-дьиктитиэн.
7 көрүҥ: таайтараллара-ол тыллара, сураатым-маттым.
“Сахастаанам- сахам кыыһа” 20строка, 20 рифма
1 көрүҥ: кэммэр-күммэр, тэлиий-кэлиий, кыыһа-кыыһа, саһарҕалыы-сардааналыы, түгэннэрбэр-мэйиилэрбэр, хамсатыый-таптатыый.
2 көрүҥ: кэмэлдьини-таарымтаны, ханыылаһан-долгулдьуйан
7 көрүҥ: көстө түһүүй-өрүһүйүүй, буккуллаҕас-сап-сайаҕас.
“Поэт дууһата”-16 строка, 16 рифма.
1 көрүҥ: күүстээх-үгэстээх, үөрдэҕинэ-кэллэҕинэ, айар-суруйар.
2 көрүҥ: үөҕүлүннэҕинэ-күүрдэҕинэ, долгуйдаҕына-ытаатаҕына.
3 көрүҥ: умайар-харсыһан.
4 көрүҥ: уйан-долгуйан, айар-суруйар.
7 көрүҥ:туһугар-да туран.
«Сургуулук-быйаҥнаах Сургуулук» 16 строка, 16 рифма.
1 көрүҥ: тардаҕын-сайдаҕын, күөрэйэн-дьэргэйэн, ыҥырда-сандаарда, тохтообут-дьулуспут.
2 көрүҥ: ыччаттаах-кустуктаах
3 көрүҥ: сырдатар-ыллыктаах
6 көрүҥ: Сургуулук-уруулуу
7 көрүҥ: таланнар-талааннар.
“Боотулу, Боотулу, барахсан” 16 строка, 16 рифма
1 көрүҥ: үҥкүүлээҥ-үлэлээҥ
3 көрүҥ: күүрэннэр-истиннэр, сырдааҥҥыт-буолаҥҥыт
4 көрүҥ:барахсан-арахсан.
7 көрүҥ: күн бүгүн-үөрүүгүн, Боотулу-уруулуу, угуттаан-кынаттаан, күн бүгүн-үөрүүгүн.
“Көтөрдөөххө” 16 строка, 16 рифма.
1 көрүҥ: айыллар-саҕыллар, көтүөхтүн-үүнүөхтүн, буолуохтун-туруохтун, салгыннаах-амтаннаах. Астылар-тыктылар.
3 көрүҥ: чаҕыллар-арыллар, сыспыккын-аахпаккын.
4 көрүҥ: атыннаах-хатыҥнаах.
“Дүллүкү дууһабын ыллаттыҥ”16 строка, 16 рифма
1 көрүҥ: сүрэхпэр-күрэхпэр, эн миэхэ-эйиэхэ, хоһуллуо-чурулуо, дьэргэйдиҥ-дьиэрэйдиҥ
2 көрүҥ: Хомустаах-Бүтэйдээх
3 көрүҥ: сиэринэн-тэринэн
7 көрүҥ: Дүллүкү-ортоку, буоламмыт-былааммыт.
«Таджик оҕолоругар» 28 строка, 28 рифма
1 көрүҥ: тэллиҥ-кэллиҥ, эттиҥ-тиийдиҥ, саха-сахха, төрөттүлэр-дьүрүһүйдүлэр, бэлэхтээҥҥин-үөрсэҥҥин, таптаттыҥ- ааттаттыҥ, соруллуо-уоруллуо, сахаҕын-айаҕын, Таджикистан-Сахастан.
7 көрүҥ: ыраахтан-Таджикистан, ох тылын-сандааран, күндү-курдук, кытаанах-билбэккин, Нарзулло-туруллуо.
«Дойдубун ахтабын»- 87 строка, 68 рифма
1 көрүҥ: сылдьаммын-ыламмын, ииппитэ-иҥэртэ, өйдүүбүн-көрдүүбүн, ордук-курдук, илдьэрэ-тиэрдэрэ, дииллэр-этэллэр, олорбут-оонньообут, таарыйдым-кылыйдым, ааһара-тахсара, кустукпут-бурдукпут, сылааһа-ырааһа, кустукка-тапталга, саныыбын-ахтабын, кэрэтин-дьиктитин, куурбата-буолбата, үксээтэ-элбээтэ, төҥүргэстээх-күүстээх, Кустуктуурап-Куолдьарап, ахтыллар-суруйар, үөрэхтээх-үтүөлээх, санааммын-тураммын, тыынабын-ылабын, таптааммын-туттаммын, этэбин-үөрэбин.
3 көрүҥ: кэрэтин-иэйиитин, анаабыт-ыттарбыт, билэҕин-идэҕин, Ньукулай-научнай, сатыырын-буоларын.
4 көрүҥ: санаатым-анаатым, даҕаны-ол аны, олорто-толорто, учуутал-таба, Бүөтүрү-өтөрү.
6 көрүҥ:бэйиэти-бэйэтин.
7 көрүҥ: өйдүүбүн-үүнүүтүн, Дьаарханым-салгынын, күрдьүгэс-испиискэ, тиит баара-буолара, аттынан-быһан Мэҥэ, хапчырҕа-долгуйда, , Хаппытыан-ыраатан, мин дойдум-хоһуйдум.
«Хомус ытарҕалаах кыыска» 20 строка, 20 рифма.
1көрүҥ: кыыһы-сылааһы, кыысчааныам-далбарчааныам, буолуо-туолуо. Кэмнэргэр-кэскилгэр, тардаҥҥын-ахтаҥҥын, эйэҥэлиир-кэрэһэлиир, ытарҕаларыҥ-кынаттарыҥ, оонньоотун-туолуохтун.
7 көрүҥ: иликпин-кэппиккин, буоларгар-дьолугар.
«Эйигин көрдүүбүн» 16 строка, 16 рифма.
1 көрүҥ: көрдүүбүн-түһүүбүн, көрүүгүн-күлүүгүн, көрдүүбүн-өйдүүбүн.
3 көрүҥ: булабын-дууһабын, бэйэҕин-кэлэҕин.
4 көрүҥ: суоххун-суһуоххун, билбэппин-эбиппин.
7 көрүҥ: көрдүүбүт-көрдөрбүн.
“Саатар, биитэр, уонна” 24 строка, 24 рифма
1 көрүҥ: таптыамый-сылдьыамый, таптаһан-сыллаһан, сирэйэ-сиэрэйэ, куустуһан-сыллаһан. Массыына-харыына.
2 көрүҥ: уҥуоҕа-хараҕа
3 көрүҥ: сыанатын-анаатын, кэлэргин-билигин.
7 көрүҥ: буолбутун-туруохтун.
“Эмискэ көрсүһэ түстүбүт” 14 строка
1 көрүҥ:түстүбүт-күүттүбүт, санаатым-туораатым.
2 көрүҥ: тылыннын-симэннин.
3 көрүҥ: хатанан-абынан.
4 көрүҥ: тэптэҕиэн-эптэҕиэн
7 көрүҥ: хаалыаҕыҥ-кыл түгэнэ.
“Алампаҕа” 16 строка
1 көрүҥ: салыппыт-хотуппат, айбытыҥ-кыспытыҥ, дорҕооно-дуораана, күөрэйэр-эппэйэр, таптыыбын-хайҕыыбын.
2 көрүҥ: чуорааннаах-төлөннөөх
3 көрүҥ: аныыбын-ырыабын
7 көрүҥ: ханыылаах-иһиллэр
“Дьоллоохтор таптыыллар” 20 строка
1 көрүҥ: биэбэйдээн-бэлэхтээн, таптыыллар-ыалдьаллар, ытыктаа- харыстаа, уйалаа-дуҕалаа.
3 көрүҥ: дьоллоохтор-долгутар
7 көрүҥ: харыстааҥ-ырааһын, туһугар-аҥаарыҥ, сүрэҕи-кэрэни, лабааны-тапталы.
“Мааны дууһалаах аанньаллар”16 строка
1 көрүҥ: кутаннар-уганнар, туталлар-тыгаллар, аанньаллар-кыргыттар, буолар-туолар, баһылаан-ойуулаан, эргитиҥ-киэргэтиҥ, этэҥҥит-дэһэҥҥит.
3 көрүҥ: сайаллар-курдуктар
4 көрүҥ: эргитиҥ-киэргэтиҥ.
“Харахтарыҥ кэпсииллэр” 20 строка
1 көрүҥ: чаҕылыйар-арылыйар, хараххар-суһуоххар, уотунан-дьолунан.
2 көрүҥ: хараххар-иэдэстэргэр, ытыллар-ууллар, кэпсииллэр-үөрэллэр, бычалыйар-долгуйар.
7 көрүҥ: хараххар-чаастаргар, тыгар-ыһар, хараххар-уостаргар
“Бүлүү эбэм тилиннин” 18 строка
1 көрүҥ: сиэппэппит-тиийбиппит, алмааскын-алааскын, дьэҥкэрдин-күөрэйдин, будуллар-суккуллар, сүтүөҕэ-үүнүөҕэ, күүһүрэн-сэтэрэн, булуоҕуҥ-туруоҕуҥ, чочуйан-ходуйан.
2 көрүҥ:төрүтээ-ыччатаа.
“Алаадьылаах ходуһа” 28 строка
1 көрүҥ: чугдаарда-чаҕаарыйда, балаакка-колхозка, уолаттар-алаастар, туттубуттар-ходуйбуттар, сотолор-оҕолор, биилкэнэн-иэнинэн, ходуһа-сулуһа, аҥылыйда-чаҕылыйда, кылыстылар-кылбастылар.
3 көрүҥ: хоннортоото-хотойдоото, чороохтоох-хобордоох, бугулларбыт- саһардарбыт.
7 көрүҥ: томтоппуттуу-кэбистилэр.
Уйбаан Ороһуунускай 19 хоһоонун ырыттым. Рифматын, ритмическэй тутулун таблицанан көрдөрүөм.
Рифма арааһа | Туттубут строката | % | Ритмэ хас сүһүөхтээҕэ | Туттуллубут строка ахсаана | % |
|
1 Тыллар биир саҥа чааһа буолаллар. | 244 | 56,5 | 4 | 2 | 0,43 |
|
2 Бүтэй дорҕоонноро сөп түбэсиһэллэр | 24 | 5,5 | 5 | 5 | 0,10 |
|
3 Точнай рифмалар, араас саҥа чаастара | 62 | 14,3 | 6 | 122 | 26,3 |
|
4 Бастакы тыл сорҕото иккискэ хатыланыыта | 29 | 6,71 | 7 | 46 | 9,93 |
|
5 Сорох дорҕооннор солбуйсаллар | 2 | 0,46 | 8 | 70 | 15,12 |
|
6 Сарбыйыылаах | 4 | 0,92 | 9 | 185 | 39,96 |
|
7 Уопсай дуораана майгыннаһар тыллар | 82 | 18,98 | 10 | 23 | 4,97 |
|
| 432 |
| 11 | 8 | 1,73 |
|
| 31 строка рифмата суох | 6,6 | 12 | 2 | 0,43 |
|
|
| 93,3 |
| 463 строка |
|
|
|
|
|
|
|
|
|
Уйбаан Ороһуунускай хоһоонноро 93,3 % рифмалаахтар эбит. Кини хоһоонноро бары рифмалаахтар, 7 көрүҥү барытын туттар, тутуллара тэҥ, тупсаҕайдар, ол иһин кинини мелодист-суруйааччы дииллэр, хоһоонноро ырыаҕа олус барсаллар. Кини хоһооннорун хабар темата киэҥ, хоһуйар ньымаларын, хоһоонун формата, рифмата баай.
Оскуолаҕа биһиги наардыы, пааралыы, куустарыы, кириэстии рифманы үөрэтэбит, онтон “Сахалыы хоһоон мин харахпынан” диэн эбии дьарыкка рифманы кэҥэтэн үөрэтэбин, хоһооннору интэриэһиргээн ырытарга үөрэнэллэр. Бу биһиги суруйааччыларбыт хоһооннорун ырытарбытыгар кыах биэрэр.
Биир дойдулаахпыт уйбаан Ороһуунускай айымньыларын, үлэлэрин кэнчээри кэлэр ыччаппытыгар билиһиннэрэн, интэриэстэрин тардан, кинилэр эбии үөрэтэн, кини курдук дэгиттэр талааннаах дьон буолуохтарын баҕарабыт, Кини ырыалара өрүү ылланаллар, ылланыахтара даҕаны.хоһооннорун ритмэ, тутула тэбис тэҥ, дьүөрэлэһэр, онон өссө да ырыалар үөскүү турдуннар, саҥаттан саҥа ааҕааччылар биһирэбиллэрин ыллыннар.
Туһаныллыбыт литература:
Аргунова И.И, Егорова Г.А. Дууһабар сарыалы уматыам. Дьокуускай, 2007
Оросунский И.Е.Үөһээ Бүлүүм-үрдүк үөрүүм. Дьокуускай 2005
Оросунский И.Е. Бүлүү эбэм тилиннин. Үөһээ Бүлүү, 1994
Оросунский И.Е. Кэрэчээнэ. Дьокуускай, 1992.
Окорокова В.Б. Литература теорията. Дьокуускай, 2004
Тобуроков Н.Н. Проблемы сравнительного стиховедения. М, 19