Д оҕор диэн кимий?
- Доҕор хайдах буолуохтааҕый?
5 кылааска саха литературатын уруога
Уруок сыала
- Күн Дьирибинэ «Тураахтаах күүдээх» үгэтин үөрэтии.
- Хоһоонноохтук аа5ыыны, айар дьо5уру сайыннарыы.
- Үтүө сиэри–майгыны ииттинии.
Уруок тутула:
1. Суруйааччыны кытта билсиһии.
2. Үгэни аа5ыы, хоһоонноохтук
аа5арга эрчиллии.
3. Ырытыы, ыйытыыларга
эппиэттээһин.
4. Айар сорудахтары толоруу.
Степан Афанасьевич Саввин- Күн Дьирибинэ саха литературатыгар үгэ жанрын төрүттээбитэ
- Үгэлэрэ дирин ис хоьоонноохтор, бэргэн, хомо5ой тыллаахтар. Үспүкүлээннэри, сэргэ5э суох буолууну, киьи омсолоох сиэрин-майгытын саралыыр.
- «Көбүөхтүрүн аанньа күөх киһиргэс»
- «Тастыҥ лааппы табаара»
- «Сахсыр5алаах таракаан»
- «Оломун билбэккэ эрэ ууга кииримэ»
Үгэ - киһиэхэ баар куһа5ан кэмэлдьилэри атынынан сирэйдээн, ханалытан көрдөрөр, өйдөтөр, үөрэтэр сыаллаах, үксүн хоһоонунан суруллар кыра айымньы.
Тураах
Хара түүлээх көтөр. Суортан арыый кыра. Саас аайы со5урууттан кэлэр, күһүн төннөр. Ыйааһына – 550-690 грамм. Араас отону, үөнү-көйүүрү, ас тобо5ун сиир.
Күүдээх
Аан дойдуга баар саамай кыра
хамсыыр-харамайдартан
биирдэстэрэ. Кутуйахха
майгынныыр, сир анныгар уйаланар
кыра хамсыыр-харамай. Уратыта –
мунна хобот курдук быһыылаах.
Кини ыйааһына-2,5-16 грамм,
устата-3,8-9 см, кутуруга-4-9 см,
кыра харахтаах.
Түүтүн өҥө сиэрэй, күрэҥ, соро5ор
хара буолар.
1,5 - 4 чаастан ордук аччык кыайан
сылдьыбат. Бэйэтин ыйааһыныттан
1,5 - 2,5 төгүл элбэ5и аһыыр. Араас
үөнү-көйүүрү, үүнээйи сиэмэтин
сиир.
Тыллары быһаарыы:
Күрдьүк - хаар күрдьүллэн мунньуллубута.
Күкээркэй - күл курдук дьүһүннээх, кубархай.
Күлтүрүйбүт – төгүрүйбүт быһыылаах
Сахсайбыт – арбайбыт түүлээх
Кыстык – кыһыны туорааһын.
Кылыс тыал – сытыы тыал.
Кыһай – күһэй, күһэллии.
Харамнаһан – аһын мунньунан, эбинэн
Эриэккэс – дэҥҥэ көстөр үчүгэй, кэрэ.
Көбүөхтээн - күүскэ эппэҥнээн тыынан, күүһэ баарынан тыынан.
Күөрэйэн – аллараттан көбөн та5ыс, өрө көт.
Сыламнаа – күн уотун сылааһыгар итин.
Мара быһыы суох – үчүгэй, мааны көрүҥнээх, тупсаҕай.
Күтүр үрдүгүнэн - наһаа үрдүгүнэн
Ыыр – элбэхтик сылдьар, аһыыр, олохсуйбут сирэ.
Ыадайа – ыараханнык уонна бытааннык хаамп (төрөл көрүҥнээх, улахан истээх, мөдөөт хамсаныылаах )
Тиит чыпчаалыгар – тиит төбөтүгэр.
Чоху – хара үөн.
- Үгэни ис хоһоонунан көрөн хас
кэрчиккэ араарыахха сөбүй?
- Хас кэрчик аайы аатта биэриҥ.
- Тураахтаах Күүдээх до5ордоһуулара.
- Кыһар5аннаах кыстык.
- Сааскы көрсүһүү.
Тураахтаах күүдээх
Күрдьүк анныгар уйаламмыт , / күкээркэй
дьүһүннээх, /
Күлтүрүйбүт быһыылаах Күүдээх эрэйдээх , /
Арай биирдэ ас булар сирэ
Адьас биир буолан, атастаспыт эбит –
Сарып - ирип көппүт, сахсайбыт түүлээх,
Хааҕырҕаан саҥарбыт / хара Турааҕы кытта.
Кырыа хаар кыһалаах, / кытаанах тымныы кыстыктаах, /
Кылыс тыал күөттээх кыһын обургу кыһайан , //
Ойоҕун, / оҕотун мунньан, / ороҕун кэҥэтэн, /
Күүдээх эрэйдээх күрдьүк анныгар көспүт . /
Хара Тураах хаайтарыа дуо , / халыҥ үөргэ холбоһон, /
Хааҕыргыы-хааҕыргыы, итии сиргэ көппүт . /
Хаарыан сайыҥҥа харамнаһан муспут
Хасааһа аҕыйаан, / хара күн кэлэн , /
Эрдэҕэс күн эркиннээх, / итии салгын илдьиттээх /
Эриэккэс итии саас эргийбитин билэн даҕаны,
Күүдээх эрэйдээх күрдьүгүн анныттан
Көбүөхтээн көбөн, / күөрэйэн тахсан , /
Сылаас күн уотугар сыламныы , / кылаҥныы , /
Сыыһы-бөҕү сытырҕалыы сылдьан, //
Хантас гынан / халлаан диэки көрбүтэ: //
Хаарыан доҕоро / хара Тураах
Хантаһыйан эрэр эбит! /
Маҥнай кэлэн, маанымсыйар бадахтаах , /
Мара быһыы суох, / майгы-сигили уларыйбыт : //
Күрдьүк диэки көрбөккө, / күтүр үрдүгүнэн, /
Күөх халлаан көхсүнэн , / көбүөхтүү көтөр; /
Ыыр диэки ыксаласпакка, / ыраах үлүгэринэн , /
Ытык халлаан ыксатынан ыадайа көтөр
Буолан хаалбыт буоппал бэйэтэ . //
Күүдээх эрэйдээх / көрө сөхтө. //
Тиэтэйбэккэ эрэ тэлээрэн тиийэн, /
Тиит чыпчаал мутугар чэмчэс гына олордо, /
Тумсун-уоһун туора-маары сотунна , /
Хара түүлэрин хамынан оҥоһунна , /
« Көтөр кынаттаах күүстээх ыраахтааҕытабын,/
Сүүрэр атахтаах сүдү тойонобун »,-
Диэх курдук / дэлэйдик тутунна./
Дэлби киэбирдэ, / дириҥник даа5ыр5аата. //
Күүдээх эрэйдээх, / көрөр күндү доҕорум этэ , /
Бииргэ бултуур бэрт билсиилээҕим этэ диэн: /
Хайа, доҕоор , / хара Тураах, / дорообо! /
Хаһан кэллиҥ , / хайдах сырыттыҥ? - диэн,
Халыр босхо бара-бара , / хаардаах бөх быыһыттан
Хаччыгынайан тахсан, / хаһыытаан ыйытта . //
Тураах атаһа чонох гына-гына чохоҥноото , /
Кыбыстан , / кыймыҥнаан хамсаата , / дааҕырҕаата. /
- Чоху – чохуга, ба5а - ба5а5а , /
Сытыган үөдэн, / сыыскын да ырыта сырыт , // - диэтэ,
Айаҕа кытарда, / антах хайыста, /
Атаһын кытта аанньа ахтан кэпсэппэтэ. /
Ыйытыылар:
- Тураах Күүдээ5и кытта күһүн туох санааттан до5ордоспутуй?
- Тураахтаах Күүдээх күһүҥҥү до5ордоһууларын дьиҥнээх до5ордоһуу диэххэ сөп дуо?
- Тураах со5урууттан кэлэн баран хайдах быһыыланна? Кини хайдах майгылаах эбитий?
- Тураах тосту-туора майгытын Күүдээх сэмэлиир дуо?
- Поэт Күүдээх ис туругун ханнык тылларынан биэрэрий?
- Арай эһиги тураах оннугар эбиккит буоллар, хайыа этигитий?
- Арай эһиги күүдээх оннугар эбиккит буоллар, итинник түгэҥҥэ эһиги туруккут хайдах буолуо этэй?
- Доҕордуу дьон хайдах буолуохтаахтарый?
- Доҕордуу дьоҥҥо тугу сүбэлиэ этигитий? Доҕордуу буоларга киһи ханнык майгыта мэһэй буолар эбитий? Ханнык майгы доҕордоһуу бөҕөргүүрүгэр туһалыыр эбитий?
- Эн до ҕордооххун дуо?
- Эһиги хайдах билсиспиккитий?
- Доҕоргун кытта тэҥ туох интэриэстээххитий?
- Кини майгытын ханнык өрүттэрин сөбүлүүгүн?
- Эһиги бэйэ-бэйэҕитигэр көмөлөһөҕүт дуо?
- Арай доҕоруҥ алдьархайга түбэспит буол, хайдах буолаҕын?
- Эн хаһан эмэ доҕоргун хомоппутуҥ? Онно эн санааҕар хайдах этэй?
- Кини эйигин тугуҥ иһин сөбүлээн доҕордоһоро буолуой?
- Үгэһит-суруйааччы бу айымньытын сүрүн санаата тугуй?
- Онно сөп түбэһэр өс хоһооннорун булуо5уҥ.
Талан толорорго сорудахтар
- Доҕорбор сурук.
- “ Арай биирдэ...” доҕоргун кытта буолбут биир үтүө түгэҥҥин суруй.
- “ Мин доҕорум” өйтөн суруйуу.