Меню
Разработки
Разработки  /  Начальные классы  /  Уроки  /  1 класс  /  Уруок технологическай каартата «Дифтонг»

Уруок технологическай каартата «Дифтонг»

Букубаар кэмигэр Саҥа ɵйдɵбүлү арыйар уруок
14.11.2024

Содержимое разработки






Саха тылын

Букубаар уруогун

технологическай каартата

1 «в» кылаас

учуутал Миронова Д.А.




Туттуллар учебник: Кронникова М.Ф. Букубаар.

Дьокуускай, Бичик, 2019с.














Уруок технологическай каартата «Дифтонг»


Уруок тиэмэтэ

«Дифтонг» (Дьуптуон) ( 17 сирэй)

Уруок тиибэ

Саҥа ɵйдɵбүлү арыйар уруок


Уруок сыала

Аһаҕас дорҕооннор, дифтоннар саҥарыллыыларын, суруллууларын быhаарарга усулуобуйа тэрийии;

Тыллары дорҕоонунан ырыта үɵрэтии;

Ситимнээх саҥаны сайыннарыы

Сүрүн ɵйдɵбүллэр

Дифтонг,аhаҕас уонна бүтэй дорҕоон, тыл, этии

Туттуллар информационнай тэриллэр

Кронникова М.Ф. Букубаар, Букубаарга суруллуулар, үлэлиир тэтэрээт, дорҕоон фишкалара, тыл схемалара, компьютер, проектор

Предметтэр икки ардыларынааҕы сибээс:

Литература ааҕыыта

I. Υɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ:


Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ

Υɵрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:

Аһаҕас дорҕоону-дифтону кытта билсэр;

Тыл дорҕоонун истэн араарар. Тылга дорҕоон турар бэрээдэгин быhаарар Аhаҕас уонна бүтэй дорҕоон диэн арааран билэр. Кылгас уонна уhун аhаҕас дорҕоонноох тыллары таба ырытар, кылгас-уhун дорҕоону тэҥнээн кɵрɵр; Схеманан предмети, предмет хайааһынын, предмет бэлиэтин ырытар;

Харандааhы сɵпкɵ тутар.

Тэтэрээт сурааhынын тутуhан тыллары таба дорҕоонунан ырытан суруйар;

Билэр-көрөр үөрүйэх: Ылбыт билиитин сатаан түмэр, сааһылыыр;

Билиини- көрүүнү кэбэҕэстик ылар.

Бодоруһар үөрүйэх: Бэйэ санаатын сааhылаан этэр;

Атын оҕолору кытта бииргэ тапсан үлэлиир.

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыллар: Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быhа холоон билэр;

  • Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үɵрэтиэхтээҕин арааран ɵйдүүр

Билиини-кɵрүүнү ылар сатабыллар:

  • Сана билии ыларыгар баар билиитигэр тирэҕирэр;

  • Ɵй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэннээhин, ырытыы, холбооһун, түмүктээhин, ханыылатан сааһылааhын, майгыннатыы, сааhылаан ситимнээhин

Ытык ɵйдɵбүллэри иҥэрии түмүгэ :

  • Yɵрэнэр баҕаны, бэйэни салайынар


Уруок хаамыыта


Уруок түhүмэхтэрэ

Учуутал дьарыга

Үөрэнээччилэр дьарыктара

Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ

1.Тэрээһин чааһа

Сыала: уруокка бэлэмнэнии

Уруокка үлэлиир туругу тэрийэр.

Бэйэ – бэйэни кытта эҕэрдэлэһии

- Илиилэрбититтэн ылсыһан бэйэ-бэйэбитигэр истиҥ мичээри бэлэхтиэҕин, эйэҕэс тыллары этиэҕиҥ эрэ.

  • Алгыс

  • Үтүө күнүнэн!

  • Бүгүҥҥү күн миэхэ

  • Ыраас, чэбдик буол

  • Араҥаччылыыр Аан Ийэ дойдум

  • Тыыҥҥынан угуттаа,

  • Сайаҕас санаата биэр!

  • Дом!

Эҕэрдэлэһэллэр.

Уруокка бэлэмнэрин бэрэбиэркэлииллэр.

Υлэлиир турукка киирэллэр.

Ытык ɵйдɵбүллэри иҥэрии: Υɵрэнэр баҕаны, бэйэни сайыннарар

2.Ситиһии төрүөтүн олохтооһун

Сыала: билиини ыларга бэлэмнээhин

Ситиһии төрүөтүн олохтуур.

  • Уруокка олоруу, үлэлиир бэрээдэк алгоритма

Хатылааһын:

Схеманан үлэ:

предмет аата(кыыс, куоска, оҕо)

хайааһын аата(ыллыыр, утуйар, оонньуур)

бэлиэ аата(кэрэ,улахан,кыра)





  • Фишкалары көрдөрүү:

Билиини ыларга бэлэмнэниини тэрийэр.

- Бугун биhиэхэ дорҕооннор ыалдьыттыы кэллилэр.

- Бу ханнык дорҕоонуй? (аһаҕас дорҕ.көрдөрөбүн)

[а], [ы], [у], [о], [и], [э], [ү], [ө]

- Аны бу дорҕооннору уһатыаххайыҥ:

[аа], [ыы], [уу], [оо], [ии], [ээ], [үү], [өө]

- Бу ханнык дорҕоонуй? (бүтэй дорҕ.фишкатын көрдөрөбүн)

[с], [л], [р], [м], [н], [б], [т], [к]

  • Пааранан үлэ алгоритма

Паартаҕа фишканан үлэ:

Ат өрдөрөбүн), аат, тыы (слайд), кыыс, быа,уон,

үөн,биэ (көрдөрөбүн)сатаатыгыт дуо?

Билии дойдутугар айаммытын саҕалыыбыт.

  • Ыалдьыттарбыт иккилии буолан сиэттиһиэхтэрин баҕараллар эбит. Оҕолоор, көмөлөһөбүт дуо?

Ы-А=ЫА, У-О=УО, Ү-Ө=ҮӨ, И-Э-ИЭ

- Кинилэр уопсай ааттаахтар эбит дифтонг диэн.

- Ол аата саха тылыгар 4 дифтонг баар эбит.

[ыа], [уо], [үө], [иэ] (слайд);


Дифтоннары саҥарабытыгар салгын иҥнибэккэ тахсар, ол аата аhа5ас дорҕоон эбит. Хайдах фишканан бэлиэтээбиттэр?

Дифтонг-икки буукубаттан турар, ол гынан баран кини биир дорҕоону бэлиэтиир эбит.


Билэр буукубаларын этэллэр.

Аhаҕас дорҕоон буукубаларын ааттыыллар: а, ы

[а], [ы] дорҕооннору билсибиттэрин этэллэр.

[а], [ы] дорҕоонноох тыллары ааттыыллар.


Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ

Аhаҕас уонна бүтэй дорҕоон диэн арааран билэр.

Билэр-көрөр үөрүйэх:

Ылбыт билиитин сатаан түмэр, сааһылыыр;

Бодоруһар үөрүйэх:

Бэйэ санаатын сааhылаан этэр;

3.Үөрэтэр соругу туруорунуу

Сыала: уруок тиэмэтин, сыалын быhаарыы

Уруок тиэмэтин уонна соруктарын туруорарга кɵмɵлɵhɵр.

- Биhиги бүгүн саҥа дорҕоону кытта билсиhиэхпит.

- Уруокпут темата “Дифтонг”диэн буолар.

- Уруокпут соруктара дифтоннаах тыллары таба саҥарыы, булуу.



Уруок тиэмэтин кытары билсиһэллэр.

Учуутал биэрэр ыйытыыларын болҕомтолоохтук истэллэр.

Уруок сыалын, соругун быhаараллар.

Билэр-көрөр сатабыл:

Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун туруорар, ɵйдүүр





4. Саҥа билиини арыйыы

Сыала: саҥа билиини ылыы, ырытыы

Саҥа ɵйдɵбүлү арыйарга үлэни тэрийэр

Саҥа темаҕа үлэни тэрийэр.

Учебнигынан үлэ: 17стр. (слайд)

Дифтонг ( аһаҕас дорҕоон ) – смайлигынан көрдөрүү

- Билигин кинигэлэрбитин арыйдыбыт. Ойуулары кɵрүҥ эрэ. Тугу кɵрɵҕүтүй?

Ойуулар:быа,уон,үөн,биэ (сүһүөххэ араар)

  • Хартыынанан үлэ:

Уот, тыа, быа, күөл,элиэ,күрүө, буруо,күөгү.


-Дьыл ханнык кэмэ буолуой? (сайын)

Дифтоннаах тыллары кытта билсэллэр.

Дифтоннаах тыллары булаллар.

Тыллары сүһүөххэ араараллар.








Ойуулары кɵрɵ – кɵрɵ

[ыа], [уо], [үө], [иэ] дорҕоонноох тыллары этэллэр.





Букубаары арыйаллар, сɵптɵɵх сирэйи булаллар.

Ойуулары кɵрɵллɵр.

Тыллары дорҕоонунан ырыталлар.

Дорҕооннору болҕойон истэллэр.

Тылга дорҕоон турар бэрээдэгин быhаараллар.

Аhаҕас уонна бүтэй дорҕооннор диэн арааран билэллэр. Ханнык фишканан бэлиэтиири этэллэр, хас дорҕоонтон турарын быhаараллар.

Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ

Тыл дорҕоонун истэн араарар. Тылга дорҕоон турар бэрээдэгин быhаарар.

Аhаҕас уонна бүтэй дорҕоон диэн арааран билэр. Кылгас уонна уhун аhаҕас дорҕоонноох тыллары таба ырытар,

Билэр-көрөр үөрүйэх:

Билиини- көрүүнү кэбэҕэстик ылар.

Бодоруһар үөрүйэх:

Атын оҕолору кытта бииргэ тапсан үлэлиир.

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыллар:

Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быhа холоон билэр;

Билиини-кɵрүүнү ылар сатабыллар:

Ɵй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэннээhин, ырытыы, холбооһун, түмүктээhин, ханыылатан сааһылааhын, майгыннатыы, сааhылаан ситимнээhин


5.Физминутка

Сыала: хамсанан сынньаныы

Физминутканы тэрийэр.

“Чуораанчыыктыын сэрээккэлиэххэ”

Хас биирдии оҕо хамсаныыта


Хоhоон этэ-этэ хаамаллар, эрчиллии оҥороллор.

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:

Сылааны таһаарар, салгыы үлэҕэ бэлэмнэнэр.

6.Билиини чиҥэтии уонна хонтуруолланыы

Сыала: Саҥа ылбыт билиини чиҥэтии уонна хонтуруолланыы

Ылбыт билиилэрин чиҥэтэргэ үлэни тэрийэр.


Тэтэрээккэ үлэ:


10-уон, быа – дорҕоонунан ырытыы, бэйэ үлэни сыаналаныы.




Тэтэрээти суруйарга бэлэмнииллэр.

Харандааhы сɵпкɵ туталлар.


Бэриллибит тыллары уруһуйдарынан тэтэрээт сурааhынын тутуhан дорҕоонунан ырыталлар.


Бэйэ үлэни сыаналаналлар.

Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ:

Хартыынанан этиилэри толкуйдуур.

Тыл дорҕоонун истэн араарар. Тылга дорҕоон турар бэрээдэгин быhаарар

Харандааhы сɵпкɵ тутар.

Тэтэрээт сурааhынын тутуhан дорҕ.ырытан суруйар.

7. Бэйэни сыаналаныы

Сыала: үɵрэнээччи бэйэтин үлэтин сыаналааhыны тэрийии

Үөрэнээччи бэйэтин дьарыгын сыанабылын тэрийэр.

Сыанабыл туруорунуу.

  • Бэйэ үлэтин, уруокка тугу билбити, ыарырҕаппыты ырытыы.

Мин барытын биллим, сатаатым

Сороҕун биллим, сатаатым

Билбэтим, сатаабатым

Үс шкала тардаллар (лиискэ)

Кылгас аһаҕас, уһун аһаҕас, дифтонг дорҕооннору уруһуйдаан төһө билэллэрин, билбиттэрин шкалаҕа сыаналаналлар.

- Маладьыастар уруокка бары наһаа көхтөөхтүк, үчүгэйдик үлэлээтигит!

Сыанабыл туруоруналлар.

Бэйэ улэтин, уруокка тугу билбиттэрин, ыарырҕаппыттарын ырыталлар.

Бэйэни салайынар-дьаһанар үөрүйэх:

Υлэни хонтуруоллуур.

Бэйэ ситиhиитин сыаналыыр.


8. Рефлексия

Сыала: уруок түмүгүн быhаарыы

Уруок түмүгүн быhаарыыны тэрийэр.

- Бүгүҥҥү уруокка туох саҥаны биллибит?

- Ханнык саҥа дорҕоону биллигит?

- Саамай тугу сɵбүлээтигит?

- Маладьыастар! Бары кɵхтɵɵхтүк үлэлээтигит.

-Көрсүөххэ диэри!


Түмүк оҥороллор.

Ыйытыыларга эппиэттииллэр.

Ытык ɵйдɵбүллэри иҥэрии түмүгэ:

Yɵрэнэр баҕаны, бэйэни салайынар.

Бодоруһар үөрүйэх:

Бэйэ санаатын сааhылаан этэр





















Саха тыла 1 кылаас


Уруок технологическай каартата №2


Кылаас

1


ΥɵМК

«Саха оскуолата»


Υɵрэнэр кинигэ

Захарова Л.В. уо.д.а. Саха тыла 1 кылаас. Дьокуускай, Бичик, 2018.


Уруок тиэмэтэ

Дьуптуон ( 15 сирэй)


Учуутал үлэтин соруктара


Дьуптуоннары хатылааhын;

Тыллары дорҕоонунан ырыта үɵрэтии;

Саҥарар саҥаны салгыы сайыннарыы, тыл баайын хаҥатыы;


Сүрүн ɵйдɵбүллэр уонна терминнэр

Дьуптуон


Туттуллар информационнай тэриллэр


  • Дорҕоон фишкалара

  • Компьютер, мультимедийнай проектор

Предметтэр икки ардыларынааҕы сибээс:

Тулалыыр эйгэ


I. Υɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ:



Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ

Υɵрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:

- Дьуптуон икки дорҕоону бэлиэтиирин билэр.

- Тылга дорҕоон турар бэрээдэгин быhаарар, тылы дорҕоонунан ырытар

- [ыа],[уо], [иэ], [үɵ] дьуптуоннаах тыллары таба суруйар;

- Дьуптуоннаах тыллары ɵйүттэн булар;

- Кɵтүтүллүбүт дьуптуоннары булар;

-Таабырыны, таайбараҥы таайар.

Билэр-көрөр сатабыл:

  1. Ылбыт билиитин сатаан түмэр, сааһылыыр;

  2. Таблицанан, исхиэмэнэн көрдөрүллүбүт лингвистическэй билиини өйдүүр, кэпсиир.

Бодоруһар үөрүйэх:

  1. Саастыылаахтарын кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр

  2. Сахалыы дорооболоһор үгэhи иҥэриммит, күннээҕи олоҕор өрүү туттар.

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыллар:

  • Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быhа холоон билэр;

  • Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үɵрэтиэхтээҕин арааран ɵйдүүр



2.Уруок хаамыыта


Уруок этаптара

Уруок ис хоhооно уонна учуутал дьарыга

Үөрэнээччилэр дьарыктара

Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ

1.Тэрээһин чааһа

Сыала: уруокка бэлэмнэнии

Уруокка тэрээhини тэрийэр

Бэйэ – бэйэни кытта эҕэрдэлэһии

- Илиилэрбититтэн ылсыһан бэйэ-бэйэбитигэр истиҥ мичээри бэлэхтиэҕин, эйэҕэс тыллары этиэҕиҥ эрэ.

Төгүрүккэ турдубут,

Илиилэртэн ылыстыбыт,

Эн – мин доҕорум,

Мин – эн доҕорун,

Бары бииргэ сылдьабыт,

Элбэх саҥаны билэбит!


Эҕэрдэлэһэллэр

Уруокка бэлэмнэрин бэрэбиэркэлииллэр.

Υлэлиир турукка киирэллэр.

Ытык ɵйдɵбүллэри иҥэрии: Υɵрэнэр баҕаны, бэйэни сайыннарар

2.Ситиһии төрүөтүн олохтооһун

Сыала: билиини ыларга бэлэмнээhин

Ситиһии төрүөтүн олохтуур.

- Билии дойдутугар айаммытын саҕалыыбыт. Уҥа диэки барыаҥ - аhаҕас дорҕооннорго тиийиэҥ, хаҥас диэки барыаҥ - бүтэй дорҕооннорго түбэhиэҥ. Хайа диэки барабыт?

- Уҥа диэки барабыт - аhаҕас дорҕооннорго тиийэбит. Ааспыт уруокка ханнык дорҕооннору үɵрэттибит этэй?

- Бүгүн биhиэхэ дорҕооннор ыалдьыттыы кэллилэр:

[а], [ы], [у], [о], [и], [э], [ү], [ө]

-Ыалдьыттарбыт иккилии буолан күүлэйдии барыахтарын баҕараллар. Оҕолоор, кɵмɵлɵhɵбүт дуо?

[ыа], [уо], [иэ], [үө] иккилии буолан турдулар. Туох диэн ааттыыр этибитий?

-Саха тылыгар хас дьуптуон баарый?

Билэр буукубаларын этэллэр.

Аhаҕас дорҕоон буукубаларын ааттыыллар: а, ы

Дьуптуоннары ааттыыллар.

Ыйытыыга эппиэттииллэр.


Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ

Дьуптуон икки дорҕоону бэлиэтиирин билэр.

Билэр-көрөр үөрүйэх:

Ылбыт билиитин сатаан түмэр, сааһылыыр;


3.Үөрэтэр соругу туруорунуу

Сыала: уруок тиэмэтин, сыалын быhаарыы


Үөрэтэр соругу туруорар.

- Биhиги бүгүн дьуптуоннары хатылыахпыт.

-Уруокпут тиэмэтэ туох диэн буоларый?

-Уруок соруктарын этиэххэйиҥ эрэ.

- [ыа],[уо], [иэ], [үɵ] дьуптуоннаах тыллары таба саҥарыы, булуу, суруйуу


Уруок тиэмэтин кытары билсиһэллэр.

Учуутал биэрэр ыйытыыларын болҕомтолоохтук истэллэр.

Уруок сыалын, соругун быhаараллар


Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыллар:

Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быhа холоон билэр

4. Саҥа билиини арыйыы.

Сыала: саҥа билиини ылыы, ырытыы


1. Саҥа тиэмэҕэ үлэни тэрийэр

Куоталаhыы «Тыллары булуу»

- Эрээттэринэн куоталаhабыт. Хайа эрээт оҕолоро бэриллибит буукубалары туһанан, элбэх тыллары булаллар эбитий?

ыа

л

үѳ

т

уо

б

с

р

иэ

-Ким ханнык тылы таhаарда?

-Дьуптуоннаах тыл саха тылыгар аҕыйах эбит ду, элбэх ду?

-Хайа эрээт кыайда?

- Оҕолоор, таабырын таайаргытын сɵбүлүүгүт дуо?

-Чэ эрэ, таабырынна таайыаҕыҥ

1. Атаҕа суох эрээри атахтааҕы ситэр, илиитэ суох эрээри элбэҕи илдьэр, кѳстүбэт да буоллар кѳтѳ-сүүрэ сылдьар баар үһү.

2.Кыһыл кыыс хараӊаҕа олорор үһү, баттаҕа таһырдьа үһү.

3.От-мас аһылыктаах, ойуоккалаан оҕочоос баар үһү.

4.Ураа лаҥкыр муостаахпын да, уу оҕуһа буолбатахпын.

1. Тыал 2. Моркуоп 3. Куобах 4. Хомурдуос

Таабырын таайыыларыгар ханнык дьуптуоннар баалларый?

2. Yɵрэнэр кинигэнэн үлэни тэрийэр.

Эрчиллии 1.

- Дьуптуону бэлиэтиир тыллары аннынан тардыы.

Эрчиллии 2.

- Кѳтүтүллүбүт буукубалары фишкана ситэрэн суруйуу.

Эрчиллии 3.

-Ойуулары тылларынан солбуйан этиилэри устуу.

Эрчиллии 4.

Ыйытыыларга эппиэттээhин



Эрээттэринэн куоталаhаллар. Бэриллибит буукубалары туһанан, тыллары булаллар.

  • сыа, быа, тыа, ыас, ыал, сыал, быар, тыал

  • уос, уот, уол, суол, суор, буор

  • үɵс, үɵт, күөс, түɵс, бүɵр,

  • иэс, биэ, биэс, сиэл

Таабырыннары таайаллар

1. Тыал 2. Моркуоп 3. Куобах 4. Хомурдуос

Таабырын таайыыларыгар ханнык дьуптуоннар баалларын этэллэр.










Yɵрэнэр кинигэнэн үлэлииллэр.

Эрчиллии 1 толороллор. Дьуптуону бэлиэтиир тыллары аннынан тардаллар.

Эрчиллии 3. Ойуулары тылларынан солбуйан этиилэри усталлар.

Эрчиллии 4. Ыйытыыларга эппиэттииллэр.

Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ

Таабырыннары таайар.

Дьуптуон икки дорҕоону бэлиэтиирин билэр.

- Тылга дорҕоон турар бэрээдэгин быhаарар, тылы дорҕоонунан ырытар

- [ыа],[уо], [иэ], [үɵ] дьуптуоннаах тыллары таба суруйар;

- Дьуптуоннаах тыллары ɵйүттэн булар;

- Кɵтүтүллүбүт дьуптуоннары булар;

Билэр-көрөр үөрүйэх:

Билиини- көрүүнү кэбэҕэстик ылар.

Бодоруһар үөрүйэх:

Саастыылаахтарын кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыллар:

Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быhа холоон билэр;




5.Физминутка

Сыала: хамсанан сынньаныы

Сынньалаҥы тэрийэр.

Хас биирдии оҕо хамсаныыта

Кымырдаҕас сылайбыт,

Күнү быһа от таспыт,

Оргул курдук уйатын

Онон-манан тупсарбыт.


Хоhоон этэ-этэ хаамаллар, эрчилии оҥороллор

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:

Сылааны таһаарар, салгыы үлэҕэ бэлэмнэнэр.

6.Билиини чиҥэтии уонна хонтуруолланыы

Сыала: Саҥа ылбыт билиини чиҥэтии уонна хонтуруолланыы

Ылбыт билиилэрин чиҥэтэргэ үлэни тэрийэр.

Эрчиллии 5. Буочары тупсарыыга үлэ.

-Бу тыллар ханнык бɵлɵххɵ киирэллэрий?

-Ɵссɵ ханнык үɵннэри билэҕитий?

-Таабырыны таайыҥ, ханнык үɵнүн билиҥ:

Быыкаа хара харамай

Түргэн алта атахтаах,

Толлон турбат саараама

Түргэн, сыыдам туттуулаах.

-Кымырдаҕас сүрдээх үлэhит.

-Υɵн - кɵйүүр киhиэхэ туох туhалааҕый? Буортулаах дуо?

Эрчиллии 6. Аргыар диэн тыл суолтатын быhаарыылаах тылдьыттан булуу.

Эрчиллии 7. Тылы дорҕоонунан ырытыы

Эрчилии 8. Сыыhалары кɵннɵрɵн устуу.

-Буукубаны кɵтүттэххэ тыллар хайдах буоллулар?

Эрчиллии 9. Кɵрɵн дьыктаан.

- Дѳлүһүѳн туhунан тугу билэҕитий?

Дѳлүһүѳн наһаа учугэй сибэккилээх. Отоно олус минньигэс. Дѳлүһүѳнтэн барыанньа, утах оӊороллор. Дѳлүһүѳн – эмтээх үүнээйи. Араас ыарыыны эмтиэххэ сѳп.

Эрчиллии 10.

- Сахалыы дорооболоһуу - үтүɵ үгэс. Атын дьону кытта күннээҕи олоххо өрүү дорооболор буолуҥ.


Эрчиллии 5 толороллор. Буочары тупсарыыга үлэлииллэр.

Эрчиллии 6. Аргыар диэн тыл суолтатын быhаарыылаах тылдьыттан булаллар.

Эрчиллии 7. Тылы дорҕоонунан ырыталлар.

Эрчилии 8. Сыыhалары кɵннɵрɵн усталлар.

Эрчиллии 9.Кɵрɵн дьыктаан суруйаллар.

Дѳлүһүѳн туhунан тугу билэллэллэрин этэллэр.

Эрчиллии 10.

- Сахалыы дорооболоһууну билсэллэр.

Тустаах үɵрэх биридимиэтин үɵрэтии түмүгэ:

[ыа], [уо], [иэ], [үɵ] дьуптуоннаах тыллары таба суруйар;


Билэр-көрөр сатабыл:

Ылбыт билиитин сатаан түмэр, сааһылыыр;



Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл:

Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үɵрэтиэхтээҕин арааран ɵйдүүр


Бодоруһар үөрүйэх:

Сахалыы дорооболоһор үгэhи иҥэриммит, күннээҕи олоҕор өрүү туттар.

7. Бэйэни сыаналаныы

Сыала: үɵрэнээччи бэйэтин үлэтин сыаналааhыны тэрийии


Бэйэни сыаналаныыны тэрийэр.

  • Бэйэ үлэтин, уруокка тугу билбити, ыарырҕаппыты ырытыы.

  • Светофор өҥүнэн бэйэбитин сыаналанабыт

Мин барытын биллим, сатаатым

Сороҕун биллим, сатаатым

Билбэтим, сатаабатым

- Маладьыастар уруокка бары үчүгэйдик үлэлээтигит.


Сыанабыл туруоруналлар.

Бэйэ үлэтин, уруокка тугу билбити, ыарырҕаппыты ырыталлар.

Бэйэни салайынар-дьаЬанар үөрүйэх:

Υлэни хонтуруоллуур

Бэйэ ситиhиитин сыаналыыр.


8. Рефлексия

Сыала: уруок түмүгүн быhаарыы

-Бүгүҥҥү уруокка туох саҥаны биллибит?

-Саамай тугу сɵбүлээтигит?

- Маладьыастар! Бары кɵхтɵɵхтүк үлэлээтигит.


Түмүк оҥороллор.

Ыйытыыларга эппиэттииллэр

Бодоруһар үөрүйэх:

Бэйэ санаатын сааhылаан этэр




-80%
Курсы повышения квалификации

Адаптивная физическая культура в условиях реализации ФГОС для лиц с ОВЗ

Продолжительность 72 часа
Документ: Удостоверение о повышении квалификации
4000 руб.
800 руб.
Подробнее
Скачать разработку
Сохранить у себя:
Уруок технологическай каартата «Дифтонг» (405.5 KB)

Комментарии 0

Чтобы добавить комментарий зарегистрируйтесь или на сайт