Саха тылын технологическай картата
Тема “Туохтуур ааспыт бириэмэтэ.”
Кылаас: 3
Сыала: 1. Туохтууру ааспыт бириэмэҕэ сирэйинэн, ахсаанынан ырытыыга усулуобуйа тэрийии, бииргэ үлэлииргэ көҕүлээһин.
Уруок этаба | Время, мин | сыала | Уруок ис хоһооно | Метода, приема | ФОУД* | Учуутал дьарыга | Үөрэнээччи дьарыга | Үөрэх дэгиттэр дьайыылара | ||||||||||
Тэрээһин | 1 | Оҕо уруокка бэлэмин көрүү | - Үтүө күнүнэн! уруокпут саҕаланна. - онтон бүгүҥҥү уруокка биһиги саҥа билиигэ үөрэнэн тиийиэхпит, билэрбитигэр олоҕуран саҥаны билиэхпит. - Ол туһуттан тугу гыныахха сөбүй? | – | Ф | Дорооболоһуу, уруокка бэлэми көрүү, ситиһиилээх үлэни баҕарыы, дуогабардаһыы | Учууталы кытта дорооболоһуу, Уруокка бэлэмнэрин бэрэбиэркэлэнэлэр, дуогабардаһаллар : болҕойон истэбит, бииргэ үлэлиибит. | Регулятивнай: -хайдах үлэлиир туһунан сыал – сорук туруоруналлар Личностнай: - үөрэх дьарыгар баҕаны үөскэтии Коммуникативнай: бииргэ үлэлээһини былааннааһын - дуогабардаһыы | ||||||||||
Урут барбыты чуолкайдааһын, билэр ньыманы туттан көрүү
| 7 | Урут барбыты чуолкайдааһын
|
-туох түмүккэ кэллигит? - саамай сөп. | | Ф | Туохтуур туһунан тугу билэллэрин быһаарыы | килиэккэҕэ суруллубут тыллары ааҕаллар, туохтуур туһунан билиилэрин көрдөрөллөр.
-оҕолор түмүк таһаараллар (Т – Б, С, А, уларыйар, о.э. грамматическай суолталаах) | Регулятивные: - постановка учебной задачи на основе соотнесения того, что уже известно и усвоено учащимися и того, что еще не известно; Познавательные: - билэр – көрөр баҕа; Личностные: - сабаҕалыыр Коммуникативные: бэйэ санаатын этии | ||||||||||
Билэртэн билбэккэ иҥнии . | 5 | Уруок тематыгар тахсыы | 2 слайдаҕа: Мин аатырар Соболоох диэн күөлгэ балыктыы тахсыбытым. Күөлгэ чугаһаан кэлбитим, биир хара эһэ ууну ыһан күдээриҥнэтэ сылдьар эбит. Миигин көрөөт, кини тыаҕа сүүрэн мөлөөһүйдэ. Кэнниттэн икки оҕото сүүрэн бойборустулар. Кинилэр сылдьар сидэригэр тиийдим. Эһэлэр тугу гыммыттарын билээри тула көрдүм. Ийэ эһэ, ньалыар ууну кэрийэ сылдьан, соболору тамнаата. Ону оҕолор ичигэстээн сиэн кэбистилэр. –ааҕыҥ -– ханнык хайааһыны көрдөрөр туохтуурдарый? - оччоҕуна биһиги бүгүн туох туһунан кэпсэтэр эбиппитий? уруок темата “Туохтуур ааспыт кэмэ” -туохтуурдары ханнык икки бөлөххө араарыахха сөбүй? -Ким билиэн баҕарарый! | кэтээн көрүү | Ф | Тыллары бөлөххө араартарыы, саҥа чаастарын быраабылаларын билиини хатылааһын, Билэртэн билбэккэ тиийэн иҥниигэ усулуобуйа тэрийии | Текси ааҕаллар, этии чилиэннэрин булаллар, ыйытыыларынан сирдэтэн хайааһын саҥарыах иннинэ оҥоһулларын быһаараллар,, билбэккэ кэлэн иҥнэллэр, уруок тематын таһаараллар: | Регулятивные: -болҕойон көрүү, толкуй, ырытыы, теманы таһаарыы Познавательные туохтуур ааспыт кэмин быһаарыы Коммуникативные: Ылбыт бииитин сааһылаан этэр бэйэтин санаатын этэр, -атын оҕо эпиэтин истэр, санаа атастаһар. | ||||||||||
Өйдөбүлү үөскэтэр түгэн.
| 11 | | Слайд (2) Тэтэрээккэ үлэ: (чыыһыла, кылааска үлэ) 1. этии тутаах чилиэннэрин устуҥ, 2. туохтуур грамматическай суолтатын быһаарыҥ: - туохтуур олоҕо (саха тылыгар туохтуур төрүт олоҕо соруйар киэп, 1 ахс, 2 –с сирэй) - буолар/ буолбат халыыба. -Кэмэ, сирэйэ, ахсаана. 3. Ааспыт кэмҥэ турар туохтуурдары икки бөлөххө араарыҥ. Хайдах араарбыккытыҥ быһаарыҥ. -Туох диэн түмүккэ кэллигит? (туохтуур билигин ааспыт уонна урут ааспыт кэмнэрдээх, сирэйинэн, ахсаанынан уларыйаллар) -модельга хайдах көрдөрүөххэ сөбүй? | Тылы кытта үлэ | Ф, П | туохтуур грамм/суолтатын быһааттарыы, ырытыыны тэрийии, саҥа теманы арыйыыга усулуобуйа тэрийии, модель таһааттарыы | этии тутаах чилиэннэрин усталлар, туохтуур гр/ суолтатын ырыталлар, тыллар ыйытыыларын тэҥнииллэр, туохтуур ааспыт кэмэ икки араастаах буоларын быһаараллар, модель таһаараллар | Регулятивные: - ырытыыны былааннааһын, быһаарыы, түмүк оҥоруу Познавательные: - тылы саҥа чаастарын ырытыыга үөрэнии Личностные: - тус бэйэни салайынар: болҕойор, ырытар, бэрэбиэркэлэнэр Коммуникативные: - бэйэ үлэтин быһааран кэпсиир, -атын оҕону истэр, быһаарсар. | ||||||||||
учебнигынан үлэ | с. 99 эрч. 263 - сорудаҕы ааҕыҥ, ыйытыыта туруоруҥ, тыл олоҕун, сыһыарыыларын көрдөрүҥ. - туох түмүккэ кэллигит? -таблицанан үлэ (3 слайд) | моделга киллэрии | п | тылларга ыйытыы туруоттарыы, уратыларын быһааттарыы, тыллар сыһыарыыларын булларыы, халыыптарын уратыларын ырыттарыы | тыллары ааҕаллар, билигин ааспыт уонна урут ааспыт кэмнэр ыйытыыларынан уонна сыһыарыыларын халыыптарынан уратылаһалларын быһаараллар | Познавательные: Тылы саҥа чааһынан ырытыы бэрээдэгин тутуһуу Регулятивные: -тэҥнииллэр, Тобулук өйү сайыннарыы, быһаараллар болдьох бэлиэни туттуу коммуникативные: кэпсэтэр, сүбэлэһэр үөрүйэх | ||||||||||||
Сынньалаҥ мүнүүтэ | 1 |
| - дьүһүннүүр туохтуурдары истэн, хамсаныылары оҥоруҥ: (маадьаҥнаа, бөкчөҥнөө, ырбаҥнаа, кэдэҥнээ, куоҕаҥнаа, ... ) | хамсаныылар | Ф И | дьүһүннүүр туохтуурдары ааттаан хамсаныылары оҥотторор, (тыл суолтатын быһаарар) | Уочаратынан билэр хамсаныыларын көрдөрөллөр, атыттара үтүктэллэр | К: доҕору истии, сорудаҕын толоруу | ||||||||||
Бастакы чиҥэтии Бэйэни бэрэбиэркэ | 7 | истэн суруйуу | истэн суруйуҥ. Билигин ааспыт бириэмэҕэ турар туохтууру урут ааспыт бириэмэҕэ уларытан суруйуҥ, гр/ суолтатын булуҥ, олоҕун, сыһыарыыларын көрдөрүҥ: 1.Эһэ балаҕан ыйыттан арҕаҕын хаһынна. Тыатааҕы ый устата арҕаҕар сытан иһиллиир. 2. Эһэ арҕаҕын дьон баар сириттэн ыраах хаһынна. Кырдьаҕас арҕаҕын аанын отунан бүөлээтэ. - этии чилиэнинэн ырытыҥ. | | Ф | Диктовкалыыр. | туохтууру у/а б уларытан, истэн суруйаллар, этии чилиэнинэн ырыталлар, туохтуур гр/с быһаараллар, этиини саҥа чааһынан ырыталлар, дакаастыыллар. . дуоскаттан бэрэбиэркэлэнэллэр, сыаналаналлар | Регулятивные: -бэйэни, доҕору сыаналааһын, бэйэ - бэйэни хонтуруол Познавательные: - билиитин бэрэбиэркэлэнэр Личностные: - сатаан сыаналанар Коммуникативные: - | ||||||||||
хартыынанан үлэ | -хартыыналары көрүҥ. (Слайд 4) -туох диэн сорудаҕы биэриэххэ сөбүй? (туһанан тыатааҕы туһунан этиилэрдэ (текстэ, диалогта суруй). - Бу түгэҥҥэ туохтуур ханнык кэмҥэ туруон баҕарара буолуой? Тоҕо? (сайыҥҥы кэм көстөр) | слайд | | слайды көрдөрөр, сорудаҕы таһааттарар, тулалыыр эйгэ, усо сибээс | сорудах толкуйдууллар, этиилэри суруйаллар, бэрэбиэркэлэнэллэр. Эһэ туһунан билиилэрин көрдөрөллөр | | ||||||||||||
Хонтуруолланыы, сыаналаныы | 2 | Туруоруммут сыалга эргиллии | -кимиэнэ сөбүй? -Туох саҥаны биллигитий? -Ааспыт кэм хас араастаах эбитий? | | Ф,П, Г | Ким туох саҥаны билбитин быһаарар | Туох саҥаны билбиттэрин, тугу өйдөөбүттэрин / өйдөөбөтөхтөрүн этэллэр, аныгыскы уруокка сорук туруоруналлар | Регулятивные: -тугу билбитин/ билбэтэҕин сыаналанар, өйдүүр; Познавательные: - үөрэх дьарыгар үлэ түмүгүн хонтуруолланыыта уонна сыаналаныыта Коммуникативные: - бэйэ санаатын этии | ||||||||||
Дьиэҕэ үлэни быһаарыы | 1 | Дьиэҕэ үлэни быһаарыы | - с. 100 эрч. 265 ааспыт бириэмэлээх туохтууру туруоран суруйуҥ, тыл гр/ суолтатын быһаарыҥ. | Учебнигынан үлэ | Ф,И | Дьиэҕэ үлэни толорууну быһаарар | Дневниккэ суруналлар, өйдөөбөтөхтөрүн ыйыталлар. | Регулятивные: - ким саҥа теманы өйдөөбүтүн/ өйдөөбөтөҕүн быһаарыы, -билиини сыаналаныы Познавательные: - алгоритмы тутуһан тылы саҥа чааһынан ырытыы - Коммуникативные: Ыйыталыһыы, быһаарсыы | ||||||||||
Рефлексия | 1 | Уруокка ылбыт билиилэрин чопчулааһын | ким хайдах үлэлээтим дии санаата? Тоҕо? Аныгыскы уруокка хайдах үлэлиэхпиний? - Көрсүөххэ дылы! | Рефлексия, КОД | Ф | Ким хайдах үлэлээбитин сыанабыла. | Санааларын этэллэр, сыаналаналлар | Регулятивные: - түмүк оҥорор, быһаарынар Личностные: -бэйэтин сыаналанар. Коммуникативные: -учууталы, оҕону кытта тапсан үлэлиир |
Оценка за урок:_____________
Учитель наставник:___________/_________________/