Меню
Разработки
Разработки  /  ИЗО  /  Уроки  /  2 класс  /  Сценарий урока по ИЗО «Уу олохтоохторо. Собо»

Сценарий урока по ИЗО «Уу олохтоохторо. Собо»

Сценарий урока по ИЗО на якутском языке
08.11.2024

Содержимое разработки

Степанова Мария Ивановна

Учитель начальных классов

МБОУ “Танаринская СОШ”

с.Сайылык/Кобяйский;

Сценарий урока по изобразительному искусству

“Уу түөлбэтин олохтоохторо. Собо”



Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа аһаҕас уруок сценарийа.

Предметэ: Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба

Кылааһа: 2

Темата: “Уу түөлбэтин олохтоохторо. Собо”

Сыала: оҕо тулалыыр эйгэҕэ кэрэни өйдөөн көрүүтүн сайыннарыы, айылҕаҕа иэйиилээх, харыстабыллаах сыһыаны иитии.

Соруктар:

1.Сэтинньи ый сахалыы ый эргииринэн Байанай ыйа буоларын туһунан кэпсэтиһии, билиһиннэрии;

2. Собо этин-сиинин чаастарын билиһиннэрии;

3. Уруһуй саҥа көрүҥүн пластилинынан уруһуйу билиһиннэрии;

4. Барыларын хабан үлэлэтии;

5. Оҕо уруһуйдуур, оҥорор дьоҕурун сайыннарыы.

Ытык өйдөбүллэри иҥэрэр сатабыл түмүгэ:

  • Уруһуй нөҥүө оҕо ис уйулҕатын уһугуннарыы;

  • Ускуустубаны олоҕу кытта ситимнээһин.

Билэр-көрөр сатабыл түмүгэ:

  • Пластилинынан уруһуй оҥорорго холонуу;

  • Собо этин-сиинин чаастарын үөрэтии.

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл:

  • Учуутал көмөтүнэн уруок тиэмэтин арыйыы;

  • Пластилинынан уруһуй оҥорорго үөрэнээччи үлэ хаамыытын былаанныыр;

  • Бэйэтин сыаналанар, хонтуруолланар.

Бодоруһар сатабыл түмүгэ:

  • Санаатын толору сааһылаан этэригэр олук ууруу;

  • Атын киһини быһа түспэт, болҕойон истэр;

Туттар тэриллэр: ноутбук, проектор, интерактивнай дуоска, “Байанай алгыһа” видео, “Сэтинньи ый – Байанай ыйа” мультимедийнай презентация, оҕолор уруһуйдара быыстапка, собо уруһуйа (А3 формат), оҕолорго собо уруһуйдара, картон, пластилин, стек, фломастер хаппаҕа,

Хаамыыта:

  1. Тэрээһин чааһа.

  • Үтүө күнүнэн, оҕолор, мин аатым Айтал Александрович, мин эһиэхэ уруһуй уруогун ыыта кэллим. Эһиги миигин кытта тэҥҥэ үлэлиэххит диэн эрэнэбин.

  1. Уруок тематын чопчулааһын.

1. Презентациянан кэпсээн.

  • Дьэ эрэ, оҕолор, билигин ханнык ыйый? (сэтинньи)

  • - Ыйдарбыт тохсунньу, олунньу, кулун тутар диэн ааттарын таһынан сахалыы эмиэ ааттардаах эбиттэр:

  • Тохсунньу – Таҥха Хаан

  • Олунньу – Одун Хаан

  • Кулун тутар – Дьөһөгөй

  • Муус устар – Айыыһыт

  • Ыам ыйа – Иэйэхсит

  • Бэс ыйа – Үрүҥ Айыы Тойон

  • От ыйа – Аан Алахчын

  • Атырдьах ыйа – Аан Дьааһын

  • Балаҕан ыйа – Улуу Суорун

  • Алтынньы – Хотой Айыы

  • Сэтинньи – Байанай

  • Ахсынньы – Билгэ Хаан



  • Ол аата, билигин сэтинньи туох ыйа эбитий? (Байанай)

  • Сахаларга сэтинньи ыйы Байанай ыйа диэн ааттыыллар эбит.



  • Сэтинньи ыйга сахалыы ый эргииринэн ойуур иччитэ Байанай кэлэр.

  • Байанай - хара тыа, хамсыыр-харамай, көтөр-сүүрэр иччитэ буолар. Күөх Боллох диэн уу иччитин ааттыыллар.

  • Былыр саха киһитэ айылҕа биэрбитинэн аһаан - сиэн, таҥнан - симэнэн, дьиэ - уот оҥостон, сылгы, сүөһү ииттэн олорбута. Булчут айылҕаҕа сылдьар кэмигэр сиэри - туому тутуһуохтаах, өбүгэлэр олохтообут үтүө үгэстэрин кэһиэ суохтаах.

  • Уу булдугар сыһыаннаах үгэстэртэн кыратык билиһиннэриэм:

  • Ууга сылдьан, балыктыыр кэмигэр төрүт айдаарбаттар, тыаһаабаттар.

  • Бултаммыт балыгынан оонньуур табыллыбат.

  • Ууга силлиир- хаахтыыр сатаммат.

  • Булт тэрилин тэпсэр, үрдүнэн сылдьар, атыллыыр табыллыбат.

  • Бултуур күөллэрин ыраастык туталлар, ыраастыыллар.

  • Өбүгэлэрбит балыгы бултуур тэриллэрин көрүҥүн төһө билэҕин?

  • Туу. Тууну талахтан оҥороллор.

  • Илим, муҥха.

  • Куйуур.

2.”Байанай алгыһа” видео

  1. Саҥа тема. Уруһуйдааһын.



- Бүгүн биһиги бары балыксыттар буолуохпут. Пластилинынан собо уруһуйдуохпут.

- Бу собо төбөтө, хайыҥа, лаапчааннара, кутуруга, өрөҕөтө. Собобут өрөҕөтүн араҕас өҥүнэн оҥоруохпут, хайыҥын, лаапчааннарын, кутуругун бороҥ өҥүнэн оҥоруохпут.

- Уруһуйбут лииһин ылабыт уонна онно араҕас өҥтөн өрөҕөтүн оҥоробут.

- Бороҥ өҥтөн хайыҥын оҥоробут.

- Бороҥ өҥтөн лаапчааннарын, кутуругун оҥоробут.

- Фломастер хаппаҕынан өрөҕөтүгэр хатырыктарын ойуулаан биэрэбит.

- Стегинэн (быһаҕынан), тиис ыраастыыр маһынан лаапчааннарын, кутуругун ойуулаан биэрэбит.

- От күөх өҥтөн быа курдук жгут оҥоробут – бу күөлбүтүгэр баар оттор буолуохтара.

  1. Түмүк. Оҕолор үлэлэринэн быыстапка.

  • Этиҥ эрэ, сэтинньи ый сахаларга ханнык ый диэн ааттанарый? (Байанай)

  • Байанай диэн туох иччитэ? (Байанай - хара тыа, хамсыыр-харамай, көтөр-суурэр иччитэ буолар.)

  • Оттон Уу иччитин туох диэн ааттыылларый? (Күөх Боллох)

  • Маладьыастар, мин эһигини кытта үлэлиирбин олус астынным. Махтал. Манан уруокпут түмүктэнэр. Көрсүөххэ диэри!

















-80%
Курсы повышения квалификации

Занимательное искусствознание: как научить школьников понимать искусство

Продолжительность 72 часа
Документ: Удостоверение о повышении квалификации
4000 руб.
800 руб.
Подробнее
Скачать разработку
Сохранить у себя:
Сценарий урока по ИЗО «Уу олохтоохторо. Собо» (68.49 KB)

Комментарии 0

Чтобы добавить комментарий зарегистрируйтесь или на сайт