
Саха тыла 3 кылаас

Этии.
Этии диэн тугуй?
Киһи саныыр санаатын санаран этэр.
Этии туохтан үөскүүрүй?
Тыллартан, эбэтэр тыллар ситимнэриттэн.

Этии арааһа.
- Хатыҥ чараҥ иһэ чыычаах саҥатынан туолбут.
- ( сэһэн)
- Тыал то5о түстэ?
- (ыйытыы)
- Саас кэлбитэ олус да кэрэ!
- (күһүрдүү).

Бу туох схематай?
Туьаан
Кэпсиирэ.
Ким? Туох?
Тугу гынар? Хайыыр?

Хара былыт халлааны сапта.
Ту һаан
Кэпсиирэ
Ким? Туох?
Тугу гынар? Хайыыр?
Аат тыл
Туохтуур

Тутаах диэн тылы хайдах өйдүүгүт?
Этии тутаах чилиэннэрин бул.
Кыра куоска о5ото хонууга суурэкэлиир .
Хонууга суурэкэлиир.
Куоска о5ото хонууга.
Куоска суурэкэлиир.
Маладьыас!!!

Этии тутаах чилиэннэрэ. Соруда5ы толор.
Валя уонна Саргы ыллыы тураллар.
О5олор оонньоотулар, сүүрдүлэр- көттүлэр .

Этии тутаах чилиэннэрэ .

Ту һ аан этиигэ үксүн аат тылынан бэриллэр .
- Аат тыл ханнык ыйытыыга хоруйдууруй?
- Ким? Туох?
- Холобур:
- Саша илиитин суунар.
Эбэтэр солбуйар аат этиигэ туһаан буолуон сөп.
Холобур:
Мин ас астыыбын.
Кинилэр киинэ көрөллөр.

Этиигэ туһаан туохтуурунан эмиэ бэриллиэн сөп
Туохтуур ханнык ыйытыыга хоруйдууруй?
Тугу гынар? Хайыыр?
Холобур:
Санарар ордук.
Турбуттар бардылар.
Саҥа кэлбиттэр мунньахха суохтар

Кэпсиирэ этиигэ аат тылынан эмиэ бэриллиэн сөп.
- Мин а5ам – суоппар.
- Байкал- улахан күөл.
- Этиигэ кэпсиирэ соро5ор да5ааьын аатынан бэриллэр.
- Тоҥсо5ой дьүһүнэ эриэн саадьаҕай.
- Мин суумкам ойуулаах.
- Убайым саата саҥа.

Этии биир уустаах чилиэннэрэ.
- Этиигэ биир ыйытыыга хоруйдуур хас да тыл биир уустаах туһаан, эбэтэр биир уустаах кэпсиирэ диэн буолар.
- Вика,Варя, Гея үһүс кылааска үөрэнэллэр.
- Быраатым уонна балтым оонньуу бардылар
- О5олор мууска хатаа һылаатылар, хаҥкылаатылар, оонньоотулар.

Этии ойо ҕос чилиэннэрэ.
- Ту һаантан уонна кэпсиирэттэн ураты тыллар этии ойоҕос чилиэннэрэ дэнэллэр.

Этии ойо5ос чилиэннэрэ.
Сиһилии - Хаһан? Ханна?
Хантан? Ханан?
Хайдах? Тоҕо?

Бы һаарыы.
- Этиигэ ханнык? Хайдах? Диэн ыйытыыга хоруйдуур ойоҕос чилиэннэр быһаарыы буолаллар.
- Болдьох бэлиэтэ
- Кыһыл, маҥан сибэккилэр нуоҕаһа тураллар.

- Кимнэ? Туохта? Кимиэхэ?Туохха?Кими? Тугу? Кимтэн?Туохтан?Киминэн?Тугунан?Кимнээ5эр? Туохтаа5ар? Кимниин? Туохтуун? диэн ыйыытыыларга хоруйдуур ойо ҕос чилиэн толоруу дэнэр.
Толоруу кэпсиирэни кытта ситимнэ һэр,
_ _ _ _ _ _ бэлиэтэнэр.

Тугунан?
Атынан айаннаан иьэбит.
Тугу? Туохта?
Ыраахтан хахханы көрдүм. Олоппосто аҕал.

Көрсүөххэ диэри!